Сордоҥ
Тас көрүҥэ
Сордоҥ (лат. Esox lucius, нууч. обыкновенная щука) — уһун суптугур эттээх, үксүгэр күөхтүҥү көҕөччөр өҥнөөх, элбэх салыҥнаах бөдөҥ балык.
Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт балык. Өрүстэргэ уонна күөллэргэ үөскүүр, Хотугу муустаах байҕал чугаһыгар киирбэт. Сүүрбэччэ сыл олорор. Искэҕин 3-5 сааһыттан ыыр[1].
Аһылыга
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сиэмэх. Искэхтэн саҥа тахсыбыт ыамалара араактыҥыларынан аһыдыктаналлар. 2-3 см улаатан баран сордоҥ оҕото балык ыамаларын туппутунан барар. Улахан сордоҥнор ардыгар кутуйахтары, кус уонна бадараан көтөрдөрүн оҕолорун бултаһаллар.
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.67