Сициилийэ тыла
Сициилийэ тыла — Сициилийэ олохтоохторун тыла, романскай бөлөххө киирэр. Бу тылынан Сицилия арыыга, соҕуруу Калабрияҕа, Апулия соҕуруу өттүгэр уонна Кампанияҕа саҥараллар. Арааб тылыттан киириилэр бааллар.
Сициилийэ тыла ханна да судаарыстыбаннай тыл буолбатах. Онон тылы дьаһайар официальнай тэрилтэ суох. Ол гынан баран Палермо куоракка баар Сициилийэ филологиятын уонна тылы биллиитин киинэ (en:Centro di studi filologici e linguistici siciliani) бу тылы 1951 сылтан үөрэтэр уонна туругун туһунан бэчээккэ ыстатыйалары таһаарар.[1].
Сициилийэ тыла сорох Италия коммуналарыгар (холобур, Кальтаджироне уонна Граммикеле) билиниллэр[2], онно «сициилийэ тылын устуоруйаҕа уонна култуураҕа тулхадыйбат суолтата» ыйыллар. Маны таһынан, Эрэгийиэн тылларын Европатааҕы хартията сициилийэ тылын көмүскэниэхтээх уонна көмөҕө наадыйар тыллар ахсааннарыгар киллэрэр. Ол эрэн 2010 сыллаахха дылы (билиҥҥи туругун чуолкайдыахха наада) Италия Түмэнэ бу дөкүмүөнү ратификациялыы илик этэ[3]
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу аан дойду тылларыттан биирдэстэригэр туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |