[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Дьүүл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
ХНТ иллэрдээҕи дьүүлэ

Дьүүл диэн төрүн мөккүөрдэрин быһаарар уонна дьүүллэбили бигэргэтэр кыахтаах (авторитеттаах) дьаһалта института. Дьүүлгэ бэриллэр кыах юрисдикция дэнэр. Дьүүл төрүн дьаһабылын тутуһуохтаах. Дьүүл дьүүллэһээччилэр иһиктэрин төрүн үс салаатыгар көрөр: куомун төрүнэ, буруй төрүнэ (кылмыс төрүнэ), салалта төрүнэ. Дьүүллэһиигэ аччаабыта үс өрүт баар буолуохтаах: ирдээччи (āctor), хоруйдааччы (reus), дьүүллүүр биилик (jūdex). Ирдээччи ылбыт эчэйиитин хоромньутун туһунан үҥсэр, хоруйдааччы бу үҥсүүгэ хоруйдуур, дьүүллүүр биилик (дьүүл органнара) баар чахчылар кырдьыктарын тургутар, сөптөөх дьаһаҕы талан быһаарар. Ирдээччи өттүттэн прокурор буруйдуур, хоруйдааччыны адвокат көмүскүүр. Дьүүл уурааҕын дьүүлдьүт биллэрэр. Дьүүлдьүт биир киһи, коллегия эбэтэр жюри буолуон сөп.