[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

1967

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1963 1964 1965 196619671968 1969 1970 1971
Уоннуу сыллар
1930-с 1940-с 1950-с1960-с1970-с 1980-с 1990-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1967 сыл.

  • Тохсунньу 2Рональд Рейган, уруккута киинэ артыыһа уонна кэлин АХШ бэрэсидьиэнэ буолбут киһи, Калифорния күбүрүнээтэрин бирисээгэтин биэрбит.
  • Тохсунньу 5 — Дьааҥы оройуона икки оройуоҥҥа хайытыллыбыт: Үөһээ Дьааҥы (киинэ — Баатаҕай) уонна Усуйаана (киинэ — Депутатскай).
  • Тохсунньу 12 — Америкаҕа Джеймс Бедфорд диэн уйулҕа үөрэҕин профессора аан дойду устуоруйатыгар бастакынан крионизацияламмыт, ол эбэтэр баҕар кэнэҕэһин тилиннэрэр ньыма көстүө диэн тоҥоруллубут.
  • Тохсунньу 18 — Таас Үрэххэ Саха сирин аныгы устуоруйатыгар саамай улахан сир хамсааһына буолбут. Хамсааһын үөһэ сир анныгар 13 км аллара баар этэ, 900 тыһ. квадратнай км сиргэ биллибитэ, Чита уонна Амыр уобластарыгар тиийбитэ. Эпицентрыгар 9—10 баал буолуо диэн сабаҕалыыллар. Мас бөҕө охтубута, үрэх мууһа хамсаабыта. Эпициентртан ордук чугас сытар Уус-Нүкдьэ бөһүөлэккэ дьиэлэр уонна мастар биэтэҥнээбиттэрэ, оһохторо хайдыталаабыта, дьиэлэр үрдүлэритттэн уонна эркиннэриттэн штукатурка сууллан түспүтэ. Тыас хас да чаас тохтообокко куугунаабыта[1].
  • Тохсунньу 27 — Космос туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Хайа да дойду космос эбийиэктэрин бэйэтин киэнинэн биллэриэ суохтааҕа уонна космоска ядернай сэрии сэбэ суох буолуохтааҕа этиллибит.
  • Муус устар 21
    • ССРС Миниистирдэрин сэбиэтэ «Хотугу омуктар экэниэмикэлэрин уонна култуураларын салгыы сайыннарар миэрэлэр тустарынан» уураах таһаарбыт.
    • Быыбар буолуо аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ Грецияҕа былааһы полковник Джордж Пападопулос күүһүнэн ылбыт, бу кэнниттэн байыаннайдар былааска 7 сыл олорбуттара.
  • Муус устар 24 — "Союз-1" хараабылынан куйаарга тахса сылдьыбыт космонавт Владимир Комаров парашуута аһыллыбакка өлбүт. Космоска айан кэмигэр өлбүт бастакы киһи.
  • Ыам ыйын 27Австралияҕа аборигеннары биэрэпискэ ааҕар туһунан референдум буолбутугар, куоластааччы 90-тан тахса бырыһыана сөбүлэспит. Бу иннинэ Австралия конституцията аборигеннары дьон ахсааныгар киллэрэри бобор этэ. Маннык референдум да кэнниттэн аборигеннар толору гражданскай быраабы өссө да ыла иликтэрэ. Кинилэр 1971 сылга диэри гражданствоны сайабылыанньа эрэ түһэрэн ылыахтарын сөбө уонна чэпчэкитик ону былдьатыахтарын сөбө. 1983 сыллаахха биирдэ быыбарга куоластыыр бырааптаммыттара.
  • Бэс ыйын 28Израиль илин Иерусалимы аннексиялаабыт
  • От ыйын 14 — Аан дойдутааҕы интеллектуальнай бас билии тэрилтэтин тэрийэр туһунан Конвенция илии баттаммыт.
  • Алтынньы 25 — Улуу Өктөөп 50 сыла туолуутугар, ирбэт тоҥҥо ыарахан ыйааһыннаах мэҥэни туруорууну чинчийии кэнниттэн Дьокуускайга В.И. Ленин мэҥэтэ аһыллыбыт.
  • Сэтинньи 7 — АХШ-ка аһаҕас иһитиннэрии туһунан сокуон олоххо киирбит. Икки сыл буолан баран бу сокуонунан 349 тутулуга суох тэрилтэттэн турар PBS (Пи-би-эс, Public Broadcasting System) диэн корпорация олохтоммут. Бу тэрилтэ дойду, ыстааттар бүддьүөттэриттэн уонна успуонсордарынан үбүлэнэр буолан эрэкилээмэттэн тутулуга суох.
  • Алтынньы 8Боливияҕа аатырбыт революционер, хомуньуус бартыһаана Че Гевара билиэҥҥэ түбэспит, сарсыныгар кинини өлөрбүттэр. Өлөн баран Че Гевара бүтүн аан дойдутааҕы контркултуура им бэлиэтэ буолбута.
  • Алтынньы 18Сэбиэскэй Сойуус станцията "Венера-4" Чолбоҥҥо тиийбит уонна бастакынан атын планета атмосфератын температуратын, баттааһынын, чиҥин (плотность), химическэй састаабын кэмнээбит.
  • Алтынньы 25 — Улуу Өктөөп 50 сыла туолуутугар, ирбэт тоҥҥо ыарахан ыйааһыннаах мэҥэни туруорууну чинчийии кэнниттэн Дьокуускайга В.И. Ленин мэҥэтэ аһыллыбыт.
  • Алтынньы 31Таас Тумус — Дьокуускай гаас ситимэ үлэҕэ киирбит, Дьокуускайга аан маҥнай гаас кэлбит.
  1. К.К. Стручков, В.Н. Руквоич, М.Л. Мельцер Геология: пособие для школьников: в 2-х т.. — Якутск: Сайдам, 2005, 2008. — Т. 1. — С. 86. — 240 с. — 3000 экз. — ISBN 5-98671-011-8