1970 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1970 көстө)
Сыллар |
---|
1966 1967 1968 1969 — 1970 — 1971 1972 1973 1974 |
Уоннуу сыллар |
1940-с 1950-с 1960-с — 1970-с — 1980-с 1990-с 2000-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1970 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы нефегазоконденсат хостонор сирэ аһыллыбыт - Орто Ботуобуйатааҕы.
Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 1 — "Дьааҥы сардаҥата - Заря Яны" Усуйаана улууһун хаһыатын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
- Тохсунньу 10 — Дьокуускайга аан дойдуга бастакы ирбэт тоҥҥо тутуллубут ГРЭС үлэҕэ киирбит.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 2 — Суруйааччы А. Твардовскай «Новый мир» сурунаал эрэдээксийэтиттэн үүрүллүбүт.
- Кулун тутар 19 — Андрей Сахаров, Валентин Турчин уонна Рой Медведев ССРС-ка дэмэкэрээттии уларытыылары киллэрэр туһунан аһаҕас суругу дойду салайааччыларыгар Брежнев, Косыгин уонна Подгорнай ааттарыгар суруйбуттар.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 17 — Былатыан Ойуунускай 1935-1938 сыллардаахха олорбут дьиэтигэр Саха литэрэтиирэтин судаарыстыбаннай түмэлэ аһыллыбыта.
- Муус устар 19 — Аан бастакы "Жигули" массыына конвейертан тахсыбыт (ВАЗ-2101).
- Муус устар 22 — тулалыыр эйгэни харыстыыр бастакы тэрээһин АХШ-ка ыытыллыбыт, кэлин бу тэрээһини ХНТ Сир-Ийэ аан дойдутааҕы күнүнэн биллэрбитэ.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 31 — Перуга 7,9 балл магнитуадалаах сирх хамсааһынын түмүгэр Юнгай куорат суох буолбут. 66 794 - 70 000 киһи өлбүт, 50 000 киһи бааһырбыт.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 3 — Чиилигэ Сальвадор Альенде бэрэсидьиэн буолуутун сиэрэ-туома буолбут.
- Сэтинньи 10 — Сэбиэскэй Сойуус «Луна-17» станцияны көтүппүт, биир нэдиэлэ буолан баран Ыйга Ардах Байҕалын эргин түспүт. Ый ньууругар бастакы бэйэтэ хаамар «Луноход-1» тахсыбыт уонна Сиртэн салаллан 11 ый тухары Ый устун айаннаабыт.
- Сэтинньи 17 — Ыйга Самыыр Байҕалыгар ССРС «Луна-17» станцията ситиһиилээх сымнаҕас посадкатын кэнниттэн «Луноход-1» Ый ньуурун устунан айанын саҕалаабыт. Бу аан дойду устуоруйатыгар бастакы планетоход буолар. Кини Ыйга 10,5 ый үлэлээбит, ол тухары 10,5 км ааспыт.
- Сэтинньи 26 — Кариб байҕалыгар баар Гваделупа киин куоратыгар Бас-Терреҕэ биир мүнүүтэ иһигэр 38,1 мм ардах түспүт. Бу аан дойду устуоруйатыгар регистрацияламмыт саамай күүстээх ардах.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 15 — "Венера-7" диэн Сэбиэскэй Сойуус станцията ситиһиилээхтик Чолбон ньууругар олорбут. Бу аан дойду устуоруйатыгар бастакытын Сиртэн ыытыллыбыт аппарат атын планетаҕа олоруута буолбут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 29 — Ума Турман, киинэ уонна тэлэбиидэнньэ артыыһа, «Көмүс глобус» бириэмийэ лауреата.
- Атырдьах ыйын 28 — Татьяна Жиркова, Россия спордун үтүөлээх маастара, сүүрүүк.
- Ахсынньы 2 — Березкин Эрнст Борисович, саха политига.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 22 — Саввин Степан Афанасьевич — Күн Дьирибинэ (1903—1970) — саха биллиилээх суруйааччыта, үгэһитэ, тылбаасчыта. Саха Сиригэр Гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриилэрин кыттыылааҕа.
- Бэс ыйын 16 — Семенов Григорий Трофимович (1903—1970), геолог, Социалистическай Үлэ Геройа.
- Сэтинньи 24 — Туралысов Георгий Михайлович (1903—1970), Саха тыйаатырын ойуулуур искусствотын төрүттээбит саха маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх худуоһунньуга.
- Сэтинньи 25 — Юкио Мисима — дьоппуон литэрэтиирэтигэр XX үйэ иккис аҥаарын саамай биллэр суруйааччыта, драматург.