1877
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1873 1874 1875 1876 — 1877 — 1878 1879 1880 1881 |
Уоннуу сыллар |
1840-с 1850-с 1860-с — 1870-с — 1880-с 1890-с 1900-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1877 сыл.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 7 — Марха улууһун Ньурба сэлиэнньэтигэр алын сүһүөх оскуолата аһыллыбыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- кулун тутар 4 — Петр Ильич Чайковскай «Лебединое озеро» балета аан бастаан көрдөрүллүбүт.
- кулун тутар 24 — Арассыыйа осмааннар империяларыгар сэриини биллэриитэ.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 24 — Арассыыйа импиэрийэтэ Осмаан импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит. Бу икки сыл кэриҥэ салҕаммыт сэрии түмүгэр Арассыыйа Кавкаазка дьайыытын күүһүрдүбүтэ (Карс уонна Батум кириэппэстэри баһылаабыта, Буджак уобалаһын холбоммута). Румыния, Сиэрбийэ уонна Черногория тутулуга суох буолууларын сөргүппүттэрэ, Болгария 5 үйэлээх осмаан баһылааһыныттан босхоломмута.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ыам ыйын 1 — Японияҕа Кыһыл кириэс уопсастыбата тэриллибит (Japanese Red Cross Society).
- Ыам ыйын 6 — Иирбит Сылгы диэн оглала-лакота биис-уустар баһылыктара Небраскаҕа АХШ сэриилэригэр бэриммит.
- Ыам ыйын 10 — Румыния Осмаан Импиэрийэтиттэн тутулуга суоҕун биллэрбит.
- Ыам ыйын 23 — Румыния княжествота Туурсуйа импиэрийэтиттэн толору тутулуга суох буолбутун биллэрбит.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- атырдьах ыйын 12 — Америка астронома Асаф Холл Марс аргыстарын арыйбыт, Фобос уонна Деймос диэн ааттаабыт.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 6 — Томас Эдисон аан бастакы фонограмманы оҥорбут.
- Ахсынньы 10 — Арассыыйа-Туурсуйа сэриитэ: Нуучча аармыйата Плевна куораты 5 ый төгүрүктээһин кэнниттэн ылбыт. 25 000 тыыннаах хаалбыт туурак бэриммит. Сэрии түмүктэнэригэр уонна Болгария босхолоноругар быһаарыылаах кыайыы буолбута.
- Ахсынньы 31 — Нуучча-Туурак сэриитин кэмигэр Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрэ Ташкессен аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыттар.
Сайго Такамори баһылыктаах самураайдар өрө туруулара Сацума диэн сиргэ буолбут.
Лондоҥҥа аан бастаан Уимблдоннааҕы турнир буолбут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 4 — Өксөкүлээх Өлөксөй — Алексей Елисеевич Кулаковскай, саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, поэт, билим араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист-философ.
- Кулун тутар 11 — Афанасьев Николай Егорович, саха омугун үөрэҕириитигэр улахан өҥөлөөх киһи, В. В. Никифоровы уонна С. А. Новгородовы кытта бииргэ үлэлээбит Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, үөрэҕирии наркомун солбуйааччыта.
- Кулун тутар 16 — Өксөкүлээх Өлөксөй — саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, бэйиэт, билим араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист-философ.
- Сэтинньи 10 — Васильев Виктор Николаевич, этнограф.