[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Чөмчүүк

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чөмчүүк көрүҥнэрэ

Чөмчүүк, чөмчүүк таас (кытайдыы: 珍珠 zhēn zhū, чөнчүү) — уу моллюскаларын мантиятын иһигэр кумах дуу, атын сыыс дуу киирэн хааллаҕына ол үрдүнэн кальций карбонаатыттан турар арагонит пластииналара үүнэн киирэн бараллар — оччоҕо күндү таас үөскүүр. Таас горуох саҕа буоларыгар 12 сыл ааһыан наада. Пластиинлар бэйэ-бэйэлэрин кытта конхиолин диэн органика эттигинэн силимнэнэллэр. Ити конхиолин кэлин эргэрэн свойствотын сүтэрдэҕинэ чөмчүүк кылбачыйбат буолан хаалар, «кырдьыбыт» диэн ааттыыллар.

Чөмчүүк туһунан Олоҥхоҕо эмиэ этиллэр, холобур, Күн Чөмчүүк — айыы кыыһын аата[1]

  1. Элэс Боотур олоҥхо, 5445 хоһоон, Бүөтүр Оҕотоойоп, Дьокуускай, 2002, ISBN 5-88149-100-9

Туһаныллыбыт сирдэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Всё о драгоценных камнях. Стоун Джаспер. СПб, ООО «СЗКЭО», 2009. — 176 с. ISBN 978-5-306-00346-7