Кыһыл тэтиҥээйи
Тас көрүҥэ
Кыһыл тэтиҥээйи (лат. Leccinum aurantiacum S.F. Gray, нууч. осиновик красный, красноголовик) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.
Саха сирин соҕуруу, киин уонна арҕаа улуустарыгар үүнэр. Сииктээх сэбирдэхтээх уонна булкаас ойуурдарга көстөр.
Оҥоһуутун ойуулааһын
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сэлээппэтэ: көппөҕөр, ньуолах түүлээх ньуурдаах, өҥө бастаан кыһыл, онтон хараҥа кыһыл.
Туруупкалаах араҥата: үрүҥ, онтон кирдээх үрүҥ.
Этэ: үрүҥ, алдьаттахха бастаан халлаан куөҕэ буолар, онтон хараҥа чэриниилэ өҥнөнөр.
Атаҕа: төкүнүк, уһун, үрүҥ өҥнөөх[1].
Хомуллар кэмэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]От ыйа – балаҕан ыйа, бастакы хаһыҥ түһүөр дылы. Саамай иҥэмтэлээх тэллэйдэртэн биирдэстэрэ.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Грибы Якутии. Г.С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009