[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

1846

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1842 1843 1844 184518461847 1848 1849 1850
Уоннуу сыллар
1810-с 1820-с 1830-с1840-с1850-с 1860-с 1870-с
Үйэлэр
XVIII үйэXIX үйэXX үйэ

1846 сыл.

  • Ыам ыйын 13 — АХШ Мексикаҕа сэриини биллэрбит. Бу сэрии түмүгэр билиҥҥи Калифорния, Нью-Мексико, Аризона, Невада уонна Юта штааттар сирдэрэ уонна Техас АХШ састаабыгар киирбиттэр.
  • Бэс ыйын 10Лондоҥҥа Шотландияттан төрүттээх Роберт Уильям Томсон пневматическай шинаҕа патент ылбыт. Ол эрэн маннык "салгыннаах шина" бу кэмҥэ тарҕамматах. Кэлин 1887 сыллаахха эмиэ шотландец Джон Данлоп бэлисипиэт көлөһөтүгэр пневматическай шина олордору тобулбутугар дьэ тарҕаммыт.
  • Балаҕан ыйын 18 (ол саҕанааҕы ааҕыыннан балаҕан ыйын 6 күнэ) — Ыраахтааҕы ыйааҕынан Лаамы байҕалыгар Айаан пуорда олохтоммут. Бу иннинэ биир үйэттэн тахса үлэлии турбут Охуоскай пуордун хомото чычаас буолан оччо табыгаһа суоҕа. Айааҥҥа фактория уонна Дьокуускай-Ньылхан-Айаан суола 1844 сыллаахтан тутуллан барбыттара, суолу кыйа 1855 сыллаахтан саҕалаан сахалары көһөрөн олохсуппуттара, олор дьаам үлэтин хааччыйыахтаахтара[1].
  • Балаҕан ыйын 23Франция математига Леверье суоттааһынын туһанан ниэмэс астронома Галле Нептуну булбут.
  1. Павел Левонович Казарян. 160-летие Якутско-Аянского тракта // Наука и техника в Якутии. — 2004. — № 1 (6).