[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Мэҥ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мэҥ

Мэҥ (темная родинка мед. - невус) — төрүөхтэн эбэтэр олорор бириэмэҕэ үөскээбит тириигэ пигменнаах үөскээһин. Араас өҥнөөх буолуон сөп: коричневай, хара, кыһыл, фиолетовай уонна да атын. Тирии таһымыгар эбэтэр тирии таһымыттан үрдэтиллибит буолуон сөп.[1]

Мэҥ дьоҥҥо бары кэримиҥэр баар курдук. Медицина этэринэн сирэйгэ баар буолааччыта ордук тарҕаммыт.

Саҥа төрөөбүт оҕолорго суох буолааччы, ол гынан баран бастакы сыл устата үөскүүллэр. Быраастар ону чахчыта мэҥнэрэ олус кыра буоланнар көстүбэттэр дииллэр. Гормон үлэтин быһыытынан ордук половой сайдыы бириэмэтигэр тахсаллар. Көстөр-көстүбэт мэҥнэр хараараллар, кээмэйэ улааталлар. Мэҥнэр бэриэмэннэй дьахталларга тахсаллар, уонна урукку мэҥнэрэ улааталлар уонна өҥүн уларыталлар.

Мэҥ үөскүүр биричиинэлэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Тириигэ пигменнай клеткалар дерма уонна эпидермис икки ардытыгар үөскүүллэр. Биричиинэтэ араас буолуон сөп:

Удьуордааһын. Киһи ДНКтыгар суруллубут буолуон сөп.

Күн уота уонна ультрафиолетовай сыралыйыы. Күн аннытыгар наһаа уһуннук сырыттахха тириигэ меланин үөскүүр, онтон мэҥ тахсар.

Гормон уларыйыылара. Гормоннар сыыһа бардахтарына (стресс, ыарыы, төрөөһүн уонна да атын) урукку мэҥ сүтүөн сөп, эбэтэр саҥа баар буолуон сөп.

Радиация, рентген сыралыйыылара, вирустар эбэтэр араас бааһырыы. Барытыттан пигментированнай килиэккэлэр эпидермиска хамсыахтарын сөп.

Мэҥ икки улахан арааска бытарытыахха сөп:

1. Сосудистай мэҥнэр. Маннык уларыйыылар хаан каппилярдарын уларыйдахтарына тахсар.

2. Пигмент мэҥнэр. Меланин аһары элбэх буоллаҕына тахсар.

Ону тэҥэ мэҥи төрөүҕүттэн баарга уонна үөскээбит мэҥҥэ араарыахха сөп.

Араас дьайыы кэнниттэн (ол курдук ультрафиолет, механическай бааһырыы уонна да атын) пигменнаах мэҥ меланомаҕа кубулуйуон сөп. Меланома - биир ордук ыарахан ыраак көрүҥэ буолар.

Наар травмаланыан сөптөөх сиргэ баар буоллаҕына (ол курдук, атах уллуҥар, талияҕа эбэтэр саҕахха) бырааһы кытта кэпсэтэн мэҥи суох оҥорор сүбэ баар.

Мэҥи суох оҥоруу ньымалара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

- лазер көмөтүнэн;

- убаҕас азот көмөтүнэн;

- электрическай туок көмөтүнэн;

- радиохирургия эбэтэр хирургия ньымаларынан.

Наадалаах ньыманы уопуттаах быраас мэҥи үөрэтэн баран быһаарыан сөп.


  1. Мэҥ: бэрэбиэркэ уратыта