[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Кыргыыс тыла

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кыргыыс тыла
Kыргыз тили, Кыргызча, قىرعىزچا, قىرعىز تىلى
Дойдулар: Кыргыстаан, Афганистан, Пакистан, Тадьикистан, Синдьээҥ (Кытай)
Total speakers: 5 млн. кэриҥэ
Тыл системата: Алтай
 Түүр
  Кыргыыс-Алтай бөлөҕө
эбэтэр Кыргыыс-Кыпчак бөлөҕө
   Кыргыыс тыла 
Ил суолталаах
Ил статустаах: Кыргызстан
Салайыллар: no official regulation
Language codes
ISO 639-1: ky
ISO 639-2: kir
ISO 639-3: kir
Glottolog: kirg1245

Кыргыыс тыла (Kыргыз тили, Кыргызча; Qırğız tili, Qırğızça; قىرعىزچا, قىرعىز تىلى) диэн түүр тылларыттан биирдэстэрэ, олортон казах тылыгар ордук чугас. Кыргызстан ил тыла.

Кыргызтыы 4 млн. киhи саҥарар Кыргызстаҥҥа, Кытайга, Афганистаҥҥа, Казахстаҥҥа, Тадьикистаҥҥа, Түркийэҕэ, Узбекистаҥҥа, Пакистаҥҥа уонна Россияҕа. Кыргыз бичигэ уларытыллыбыт Кирилл алпабыытынан (Кыргызстаҥҥа) уонна Араб алпабыытынан (Кытайга).

1941 сыллаахтан ыла Кыргыыс тыла кириллицанан суруллар. Кытай Синдьээң кыргыыстара билиҥҥэ дылы синдьээн атын түүр омуктарын (уйгуурдар, казаахтар, татаардар уо.д.а.) курдук араб алпабыытынан туһаналлар.

А а Б б В в Г г Д д Е е Ё ё Ж ж З з И и Й й К к
Л л М м Н н Ң ң О о Ө ө П п Р р С с Т т У у Ү ү
Ф ф Х х Ц ц Ч ч Ш ш Щ щ Ъ ъ Ы ы Ь ь Э э Ю ю Я я

Кыргыыс алпабыытыгар Ҥ диэн буукуба суох.

  • "Ж" буукуба сахалыы "дь" бүтэй дорҕоон курдук ааҕыллар. Төрүт уонна киирии тылларга иккиэннэригэр "ж" суруллар.
  • "Г" буукуба иннигэр эбэтэр кэннигэр а, о, у, ы баар буоллаҕына, "ҕ" курдук ааҕыллар (холобур, кыргыз - чагылган - чаҕылҕан)
  • "К" буукуба иннигэр эбэтэр кэннигэр а, о, у, ы баар буоллаҕына, "Қ" (кх) курдук ааҕыллар.
Кирилл алпабыыта Латин алпабыыта Араб алпабыыта Сахалыы тылбаас
Бардык адамдар өз беделинде жана укуктарында эркин жана тең укуктуу болуп жаралат. Алардын аң- сезими менен абийири бар жана бири-бирине бир туугандык мамиле кылууга тийиш. Bardık adamdar öz bedelinde jana ukuktarında érkin jana teñ ukuktuu bolup jaralat. Alardın añ-sezimi menen abiyiri bar jana biri-birine bir tuugandık mamile kıluuga tiyiş. باردىق ادامدار ۅز بەدەلىندە جانا ۇقۇقتارىندا ەركىن جانا تەڭ ۇقۇقتۇۇ بولۇپ جارالات.۔ الاردىن اڭ-سەزىمى مەنەن ابئيىرى بار جانا بئرى-بئرىنە بئر تۇۇعاندىق مامئلە قىلۇۇعا تئيىش. Дьон барыта бэйэ суолтатыгар уонна быраабыгар тэҥ буолан төрүүллэр. Кинилэр бары өркөн өйдөөх, суобастаах буолан төрүүллэр, уонна бэйэ бэйэлэригэр тылга кииринигэс быһыылара доҕордоһуу тыыннаах буолуохтаах.

Сирэй солбуйар ааттар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Сирэй солбуйар ааттар
Биир ахсаан Элбэх ахсаан
Кыргызтыы Cахалыы Кыргызтыы Сахалыы
Мен Мин Биз Биhиги
Сен Эн Сиз Эhиги
Ал Кини/Ол Алар Кинилэр/Олор


төрүт мен мин сен эн ал кини
араарыы менин миэнэ сенин эйиэнэ анын киниэнэ
сыһыарыы мага миэхэ сага эйиэхэ ага киниэхэ
туохтуу мени миигин сени эйиигин аны кинини
локатив менде миэхэ сенде эйиэхэ анда киниэхэ
таһаарыы менден миигиттэн сенден эйиигиттэн андан киниттэн

Кыргыыс тыла 6 түһүктээх:

*Төрүт түһүк (атооч жөндөмө) — сүрүн түһүк. Ыйытыыта: Ким? «Ким?»; Эмне? «Туох?» Бул эмне? «Бу тугуй?»: Бул китеп «Бу кинигэ»; Досум эртең келет «Доҕорум сарсын кэлэр».

*Араарыы түһүк, посессив (илик жөндөмө) (-нын, -нин, -нун, -нүн, -дын, -дин, -дун, -дүн, -тын, -тин, -тун, -түн). Ыйытыыта: Кимдин? Эмненин? «Кимиэнэ?»: үйдүн эшиги «дьиэ аана», Алтынбектин досу «Алтынбиэк доҕоро».

*Сыһыарыы (барыш жөндөмө) (-га, -ге, -го, -гө, -ка, -ке, -ко, -кө, -а,-е, -о, -ө, -на, -не) Ыйытыыта: Кимге? «Кимиэхэ?»; Кайда? «Ханна?»: Шаарга барабыз «Куоракка барабыт»; Ал инисине жазып жатат «Кини инитигэр суруйа олорор».

*Туохтуу (табыш жөндөмө) (-ны, -ни, -ну, -нү, -ды, -ди, -ду, -дү, -ты, -ти, -ту, -тү) Ыйытыыта: Кимди? «Кими?»; Эмнени? «Тугу?» Бул китепти сатып алдым «Бу кинигэни атыылаһан ыллым»; Жигит терезени ачты «Уол түннүгү аста».

*Локатив (жатыш жөндөмө) Ыйытыыта: Кайда? «Ханна?», Кимде? «Кимиэхэ?» (-да, -де, -до, -дө, -та, -те, -то, -тө:) Кыргызстанда «Кыргызстааҥҥа»; мектебибизде «оскуолабытыгар»; жигитте «уолга»

*Таһаарыы (чыгыш жөндөмө) - ыйытыыта: Кайдан? «Хантан?»; Кимден? «Кимтэн?» (-дан, -ден, -дон, -дөн, -тан, -тен, -тон, -төн:) токойдон «тыаттан», Бишкектен «Бишкектэн».

Этиилэр холобурдара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Кыргыз тыла Саха тыла
Кутмандуу таңыңыз менен! Үтүө сарсыарданан
Кутмандуу күнүңүз менен! Үтүө күнүнэн
Кайырлуу кеч! Үтүө киэһэнэн
Саламатсызбы Эҕэрдэ / Дорообо
Ооба ээх
Жок суох
Сенин атың ким? Эн аатыҥ кимий?
Мен Россияданмын (Россиядан келдим) Мин Россияттан кэллим
Мен кыргызча сүйлөбөйм Мин кыргызтыы өйдөөбөппүн
Сиз орусча сүйлөйсүзбү? Эн нууччалыы саҥараҕын дуо?
Сиз кайда иштейсиз? Эн ханна үлэлиигин?
Мен мектепте иштейм Мин оскуолаҕа үлэлиибин
Мен университетте окуймун Мин университеккэ үөрэнэбин
Жолуңуздар шыдыр болсун! Дьоллоох айаны (Суолгут көнө буоллун)
Кош келиңиздер! Нөрүөн нөргүй
Көрүшкөнчө! Көрсүөххэ дылы
Жаңы жылыңыз менен! Саҥа дьылынан
Туулган күнүңүз менен төрөөбүт күҥҥүнэн
Кирүүгө уруксатпы? Киириэххэ син дуо?
Кечиресиз Алҕас
Мен ачкамын (ачка) Мин аччыктаатым
Мен бош эмеспин Мин солом суох
Азамат Маладьыас
Кудай өзү билет! Таҥара бэйэтэ билэр!
Мен кыргызмын Мин кыргызпын
Сиз канчадасыз? Эн хас саастааххын?
Мен жыйырмадамын (жыйырма бештемин, кырк

төрттөмүн)

Мин сүүрбэм (сүүрбэ биэһим, түөрт уон түөрдүм)
Сиздин аялыңыз бар бы ? (күйөөңүз барбы?) Эн кэргэннээххин дуо?
Менин эки балам бар Мин икки оҕолоохпун
Сиздин уулуңуз канчада Эн уолуҥ хас саастааҕый?
Мен каалабайм Мин баҕарбаппын
Даараткана кайда турат Туалет ханан баарый?
Мага көп акча керек Миэхэ элбэх харчы наада
Бир билет канча турат? Биир билиэт хастааҕый?
Түшүндүм Өйдөөтүм
Билбейм Билбэтим
Бул мырза баарын төлөп берет Бу киһи барытын төлөөн биэриэ
Мен сени сагындым Мин эйиигин аҕынным