1914 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1914 көстө)
Сыллар |
---|
1910 1911 1912 1913 — 1914 — 1915 1916 1917 1918 |
Уоннуу сыллар |
1880-с 1890-с 1900-с — 1910-с — 1920-с 1930-с 1940-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1914 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бастакы аан дойду сэриитэ саҕаламмыт
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 26 — Уус-Тааттаҕа чаччыынанан олорбут Гаврил Неустроев (Чордо Хабырылла) туруорсуутунан Алдан нэһилиэгэ үөскээбит. Саха уобалаһын быраабатын уопсай присутствиетын 256 нүөмэрдээх уурааҕар маннык суруллубут: «Байаҕантай улууһун I Байаҕантай нэһилиэгин Алданскай аҕатын ууһунааҕы инородецтары 26 үлэһит киһини кытары 55 ревискэй дууһа састааптаах «Алданскай» диэн ааттаах туспа нэһилиэккэ 1914 сыл от ыйын 1 күнүттэн араарарга.»
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 28 — серб Гаврило Принцип Австрияҕа ыраахтааҕы буолуохтаах эрцгерцог Франц Фердинанды өлөрбүт, бу Бастакы Аан дойду сэриитин саҕалыырга төрүөт буолбут
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 8 — Уокурук суутун таас дьиэтин тутуута саҕаламмыта. Билигин бу дьиэҕэ Саха сирин Наукаларын Академията баар.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 9 — Дьокуускайга 180 киловаттаах электростанция үлэҕэ киирбит.
- Атырдьах ыйын 15 — Бастакы аал Панаама ханаалынан ааспыт.
Балаҕан ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Балаҕан ыйын 5 — Дьокуускайтан Бүлүүгэ диэри телеграф үлэҕэ киирбит.
- Балаҕан ыйын 5 — Боотур уус улууһун киинигэр Чурапчыга икки кылаастаах оскуола аһыллыбыт.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 2 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Арассыыйа Импиэрийэтэ Осмаан Импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит. Биллэрин курдук бу икки импиэрийэ аҕыйах сылынан суох буолбутттара.
- Ахсынньы 8 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Британия флотун эскадрата Германия импиэрийэтин эскадратын Илин Азияҕа Фолкленд арыыларын иһин кыргыһыыга урусхаллаабыт.
- Ахсынньы 24 — Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр Ороһооспотооҕу эйэлэһии саҕаламмыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Жадейкин Максим Степанович (1914—1944) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1944).
- Томскай Савва Константинович (1914—1997) — суруналыыс, 1971—1981 сс. Саха Сирин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ.
- Тохсунньу 1 — Мария Николаева — Саха Сирин уһун үйэлээх олохтооҕо, Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин ытык киһитэ.
- Олунньу 4 — Михаил Стрекаловскай — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа (1996).
- Олунньу 22 — Федот Сафронов — Азия хотугулуу-илин эҥээрин чинчийээччитэ, учуонай, РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, устуоруйа билимин дуоктара.
- Олунньу 27 — Дьуон Дьаҥылы — Макаров Гавриил Иванович (27.02.1914—06.03.1956) — поэт уонна тылбаасчыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- Кулун тутар 2 — Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар Григорий Поскачин — учуутал, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, бэйиэт, литэрэтиирэ кириитигэ. 1938 с. буржуазнай национализмҥа буруйданан хаайыга сыппыта, 1940 с. реабилитацияламмыта. 1943 с. өлбүтэ.
- Муус устар 8 — Кулаковскай Реас Алексеевич (08.04.1914—31.05.1993) — поэт, суруйааччы
- Ыам ыйын 3 — Өлүөхүмэ Кыыллааҕар Александра Корнилова төрөөбүт — 1967-1972 сылларга Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэстээтэлин солбуйааччы, онтон Саха АССР статистикатын сулууспатын салайбыт киһи.
- Бэс ыйын 14 — Сапожников Владимир Васильевич (14.06.1914—23.03.1982) — Сэбиэскэй Сойуус Геройа, летчик.
- От ыйын 31 — Чаҕылҕан - Винокуров Илья Дорофеевич — оҕолорго анаан суруйбут саха поэта, суруйааччыта, тылбаасчыта.
- Балаҕан ыйын 6 — Федоров Дмитрий Самсонович - Миитэрэй Таас (1914 - 1951) — поэт, прозаик.
- Балаҕан ыйын 13 — Кершенгольц Моисей Израилевич — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала (1914—1997).
- Алтынньы 17 — Ильин Дмитрий Иванович — саха биллиилээх муосчута.
- Алтынньы 25 — Овчинникова Александра Яковлевна, 1963 — 1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
- Сэтинньи 28 — Марк Дмитриевич Слепцов (28.11.1914—16.06.1989) — Саха АССР норуодунай артыыһа, РСФСР норуодунай артыыһа.
- Лукин Тимофей Спиридонович (11.12.1914—15.04.1980) — биллиилээх сылгыһыт, Социалистическай Үлэ Геройа.
- Ахсынньы 25 — Александра Овчинникова — Ньурба Тыалыкытыттан төрүттээх түмэт, бэлиитикэ дьайыксыта, 1963—1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 10 — Монастырев В. Г., норуот учуутала.
- Сэтинньи 21 — Крафт И. И., Якутскай уобалас урукку губернатора, Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина.