[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

InDriver

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
InDriver логотииба

InDriver — бүтүн аан дойдутааҕы пассажирдары таhар сервис. Бу сервис сүрүн ордугунан айан усулуобуйатын суоппар уонна пассажир бэйэлэрэ быhaaрсаллара буолар.

Араас смартфон платформаларыгар үлэлиир (Android, iOS). Бу сервиhынан аан дойду 32 дойдутугар туhаначчылар ахсаана 50 мөлүйүөҥҥэ тиийэр.

Cервис төрүттэниитэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кыhын 2012 сылга Дьокуускай куоракка саҥа дьыл бырааhынньыктарын кэмигэр -45°C кыраадыска дылы тымныйан, суоппардар бары тэҥҥэ айан сыанатын икки төгүл үрдэппиттэрэ. Ону утаран, олохтоох дьон "Вконтакте" социальнай ситимҥэ "Независимые водители" диэн бөлөх оҥорбуттара. Бу бөлөх кыттааччылара айан сайаапкаларын уонна бэйэлэрин сыаналарын хааллараллара. Ол сайаапкалары суоппардар көрөн ылаллара. Сыл аҥаарын иhигэр бу бөлөххө 60 тыыьынча кыттааччы киирбитэ.

2013 сылга сакаастары тэрийэр мобильнай сыhыарыы оҥоруута саҕаламмыта. 2017–2018 сыл кыhыныгар сервиса хабыыта 70 куорттан 120 дылы тиийбитэ. 2018 сылга оҥоhуллубут айан уопсай харчытын эргиирэ 300 мөлүйүөн дуолларга тиийбитэ. 2018 сыл муус устар ыйыгар InDriver аан дойду ырыынагыгар тахсыбыта - бу сыhыарыынан Ортоку уонна Соҕуруу Америка дойдулара туттан саҕалаабыттара. 2018 сыл от ыйыгар бастыҥ офистара Нью-Йорк куоракка көспүтэ. Итиэннэ бу ыйга мал таhар сакаастары Арассыыйа 18 куораттарыгар ылар буолбуттара. Тэрилтэ этиитинэн, 2019 сыл бүтүөҕэр дылы бу сервиhы өссө да 300 куоракка киллэрэр былааннаахтар этэ. 2018 сыл сэтинньи ыйыгар InDriver Африка ырыынагыгар тахсыбыта - Танзания уонна ЮАР дойдуларга үлэтин саҕалаабыта. 2018 ахсынньытыгар АХШ ырыынагыгар тахсыбыта. Бастакы куоратынан Нью-Йорк буолбута, ол эрээри 2020 сылга бу куоракка үлэтин тохтоппута. Итиэннэ бу ыйга сервис Бразилияҕа уонна Эквадорга үлэтин саҕалаабыта. 2019 сылга элбэх дойдуга InDriver сыhыарыыны туттар буолбуттара, ол иьигэр киирбиттэрэ: Коста-Рика, Панама, Гондурас, Боливия, Ииндийэ, Индонезия, Никарагуа уонна Тайлаан.

COVID-19 пандемиятыттан сылтаан 2020 сыл сааhыгар тэрилтэ саҥа дойдуларга тахсыы былаанын тохтоппута. Итиэннэ пандемия кэмигэр «Медработник в пути» диэн программа тэрийбиттэрэ, аан дойду быраастарыгар анаан. Карантин кэмигэр, 2020 сыл бэс ыйыгар InDriver туhанааччытын ахсаана 50 мөлүйүөҥҥэ тиийбитэ.

2019 сылга InDriver Бразилияҕа бастыҥ сыhыарыы аатын ылбыта.

  • indriver.ru
  • indriver.com — InDriver официальнай саайта